Презентация - Хамсыыр харамай эйгэтэ

Нужно больше вариантов? Смотреть похожие
Нажмите для полного просмотра
Хамсыыр харамай эйгэтэ
Распечатать
  • Уникальность: 80%
  • Слайдов: 35
  • Просмотров: 6440
  • Скачиваний: 2235
  • Размер: 19.49 MB
  • Онлайн: Да
  • Формат: ppt / pptx
В закладки
Оцени!
  Помогли? Поделись!

Слайды и текст этой онлайн презентации

Слайд 1

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 1
Хамсыыр харамай эйгэтэ
«Байанай ымыытын ыллатан» бырайыак чэрчитинэн Тэрийээччи: Серафима Иванова, алын сүһүөх оскуолатын учуутала

Слайд 2

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 2
«Байанай ымыытын ыллатан»
Кимнээҕэр да баай, күүстээҕэр күүстээх, киһини-сүөһүнү, хамсыыр харамайы, үөнү-көйүүрү өрүү күндүлүүр баар үһү.
АЙЫЛҔА

Слайд 3

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 3
«Байанай ымыытын ыллатан»
Айылҕаҕа үс эйгэ баар: салгын, уу, сир. Хамсыыр харамай эгэлгэтэ (көрүҥэ) ити үс эйгэттэн бииригэр тарҕанан олохсуйар. Биһиги дойдубут киэҥ нэлэмэн иэнигэр аата-ахсаана суох араас хамсыыр харамай баар.

Слайд 4

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 4
«Байанай ымыытын ыллатан»
Айылҕаҕа үс эйгэ баар: салгын, уу, сир. Хамсыыр харамай эгэлгэтэ (көрүҥэ) ити үс эйгэттэн бииригэр тарҕанан олохсуйар. Биһиги дойдубут киэҥ нэлэмэн иэнигэр аата-ахсаана суох араас хамсыыр харамай баар.

Слайд 5

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 5
«Байанай ымыытын ыллатан»
Биһиги дойдубут олус киэҥ сиринэн тайаан сытар. Ол иһин араас климаттаах буолар. Xahaн, ханна, хайдах итии-тымныы, ардах-кураан буолара барыта холбуу климат диэн ааттанар. Ханнык баҕар дойдуга үүнэр үүнээйи, хамсыыр xaрамай, дьон-сэргэ олоҕо барыта климаттан тутулуктаах. Хас биирдии хамсыыр харамай ол тустаах усулуобуйатыгар ньыматыйбыт. Ол курдук, тас эйгэҕэ сөптөөх усулуобуйа (аһылык, уу, салгын, сырдык, ичигэс) баар буоллаҕына, онно сөп түбэһэн, тыынар тыыннаах үчүгэйдик сайдар, yyhyyp. Xайа түбэһиэх усулуобуйаҕа олорор харамай суох. Ууга үөскуур тыынар тыыннаах хонууга өлөр, ойуур кыыла ууга кыайан олорбот. Ол аата, хамсыыр харамайдар тарҕаныылара олорор эйгэлэрин усулуобуйатыттан: температураттан, сииктэн, сырдыктан, почва хайдаҕыттан, үүнээйиттэн тутулуктаах. Онон сорох ха­рамай уулаах сири, сорох сис тыаны, сорох тымныы, сорох ичигэс, сорох хайалаах, сорох ahaҕac, куйаар сири ордорор. Ити курдук айылҕаҕа үөскүүр хамсыыр харамай тулалыыр эйгэ араас усулуобуйатыгар ньыматыйан, өлөн-сүтэн, эстэн хаалбакка, төрөөн-ууһаан тэнийэн сылдьар.

Слайд 6

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 6
«Байанай ымыытын ыллатан»
Дьэрэкээн өҥнөрүнэн өстөөхтөрүттэн cahapгa ньыматыйбыттар.

Слайд 7

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 7
«Байанай ымыытын ыллатан»
Аҥыр, кутан. Өстөөҕүн биллэр эрэ төбөтүн хантатан баран, көнүөҕүнэн көнөн, өр хамсаабакка турар. Хомус хагдарыйбыт умнастарын быыһыгар төрүт көстүбэт.

Слайд 8

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 8
«Байанай ымыытын ыллатан»
Куобах. Талаҕы кирэн сиир буолан, икки инники тииһэ улахаттар, сытыылар. Кыһыҥҥы маҥан көп түүтэ хаары кытта биир өҥнүүр.

Слайд 9

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 9
Ойуур көтөрдөрө
Саха сиригэр көтөр 291 apaaha баара биллэр. Төрөөбүт дойдубут сирэ төһө да тымныы тыйыс кыһыннаах буоллар, көтөрдөр манна кыстыыллар. Сүрүннээн туундара уонна ойуур көтөрдөрө кыстыы хаалаллар.
Кукаакы, хара суор, кэҕэ

Слайд 10

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 10
«Байанай ымыытын ыллатан»
Куртуйах. Олус кыраһыабай кө­төр. Саас охсор, ол аата, тыһы көтөрү ыҥырар. Охсор кэмигэр араастаан, куллугуруу-куллугуруу, хамсанар.

Слайд 11

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 11
«Байанай ымыытын ыллатан»
Бочугурас. Kыһыҥҥы улахан тымныыга хаар иһигэр хороон оҥостон cahap, аһыырыгар эрэ тахсар.

Слайд 12

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 12
«Байанай ымыытын ыллатан»
Улар. Саас ох­сор кэмигэр тугу да истибэт, дьүлэй курдук буолар.

Слайд 13

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 13
«Байанай ымыытын ыллатан»
Модьугу. Түүҥҥү олохтоох. Сайын көтөрү-куобаҕы, кыһын хабдьыны, бочугураһы, куртуйаҕы да бултаһар.

Слайд 14

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 14
Уу көтөрдөрө
Уу көтөрдөрө, ааттара этэрин курдук, ууга сылдьаллар, үгүстэрэ умсаллар. Ууга устарга уонна умсарга сөп түбэһэн, yyhyт көтөрдөр тарбахтарын быыстарыгар битиликтэммиттэр, оттон атахтара букатын кэлин сыҕарыйбыттар. Бу көтөрдөр ууга сытыйбаттар, ол хотоҕой түүлэрин оҥоһууларыттан тутулуктаах. Түү иһинээҕи салгын ууну иһирдьэ киллэрбэт.

Слайд 15

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 15
Уу көтөрдөрө
Көҕөн. Хаар уута таҕыстаҕына, көҕөн кэлэр. Күөх үүнээйилэри, сиэмэлэри, ону тэҥэ кыра хомурдуостары, үөн-көйүүр личинкаларын сиир.

Слайд 16

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 16
Уу көтөрдөрө
Кыталык. Саамай кыраһыабай көтөр. Кини ыйааһына 7 киилэҕэ тиийэр. Аһылыга — үүнээйи силиһэ, киис отоно, соpoҕop туундара кутуйаҕа. Маар быыЬыгар уйаланар. Аан дойду, Россия, Саха сирин «Кыһыл кинигэтигэр» киллэриллибит сэдэх көтөр.

Слайд 17

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 17
Уу көтөрдөрө
Куба. Куба элбэх кыра күөллэрдээх туундараҕа yyhyyp. Кыстыы Китайга, Японияҕа барар. Аһылыга үксүн үүнээйи буолар. 2—3 сымыыты баттыыр. Сымыыта бөдөҥ, маҥан, кугас эбирдээх буолар.

Слайд 18

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 18
Балыктар
Балык этэ мүлтүгүр быһыылаах — ол ууга түргэнник устарыгар көмөлөһөр. Кини төбөтө сыыйа көҥдөй көҕүс буолан барар. От­тон көҥдөй көхсө кутурукка кубулуйар. Көҥдөй көхсүн итиэннэ кутуругун уҥa-xaҥac куймаҥнатан, иннин диэки сыҕарыйар. Онуоха лапчааннара көмөлөһөллөр. Этэ-сиинэ уҥуох хатырыктарынан бүрүллүбүт. Балыктар уу куйаарын араас миэстэтигэр олохсуйаллар: муораларга уонна тууһа суох ууларга (үрэхтэр, күөллэр, өрүстэр), уу үрүт өттүгэр уонна дириҥэр, сылааска уонна тымныыга. Балык уопсайа 20 тыһыынча кэриҥэ көрүҥэ баара биллэр. Саха сиригэр ба­лык 42 көрүҥэ үөскүүр. Биһиги дойдубут үгүс балыга олус минньигэс эттээх, эмис, аан дойдуга үөскүүр күндү балык ахсааннарыгар киирэр. Олортон хатыыс (осетр), тууччах (нельма), уомул (омуль), муҥур (чир), муксуун (муксун) курдук күндү балыктары ааттыахха сөп. Былыр саха сүрүн аһылыгынан күөл балыктара собо уонна мунду буолаллара.

Слайд 19

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 19
Балыктар
Уомул, сордоҥ, күстэх, алыһар, сыалыһар, күндүөбэй, собо

Слайд 20

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 20
Үүтүнэн иитиллээччилэр. Кыыллар

Слайд 21

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 21
Кыыллар
Тайах. Аар тайҕа сүдү кыыла. Үрдүгэ 2,5 м-гэ, уһуна 3 тиийэр. Ыйааһына 300 — киилэҕэ тиийэр. Сүрдээх сэрэх кыыл. Тыал хоту тыас ылан, туохтан сэрэхэдийиэхтээҕин билгэлиир. Тайах олус сытымсах( Сыты эмиэ тыал хоту ыраахтан ылар. Саас эрдэ 1—2 тугуту төрөтөр. Ийэтэ оҕотун үүтүнэн 4 ый аһатар.

Слайд 22

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 22
Кыыллар
Эһэ. Биһиги дойдубут хара тыатын саамай адьырҕа кыылынан буолар. Кини 2 миэтэрэ кэриҥэ усталаах, 150-тан тахса киилэ ыйааһыннаах. Өбүгэлэрбит тыатааҕы диэн ааттыыллара.

Слайд 23

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 23
Кыыллар
Бөрө. Бу кыыл сүрүн бэлиэтэ — чулбугур хоҥоруулаах. Ол таныыта, ол эбэтэр тыынар органа күүскэ сайдыытын кытта ситимнээх. Бөрөлөр үөрүнэн, xahaн эмэ соҕотох сылдьаллар. Үөрүнэн сылдьан бөдөҥ кыылы өлөрөллөрүгэр көмөлөөх уонна кутталтан куотууларын чэпчэтэр. Атыыра 105—146 см усталаах. Ыйааһына — 52,1 кг. Үрдүгэ — 85 см.

Слайд 24

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 24
Кыыллар
Хотугу таба Хотугу таба туундараҕа, быыстаах туундараҕа төгүрүк сылы быһа хаһан аһыыр. Сайын оту, кыһын лабыктаны сиир. Хотугу таба төбөтүн элбэх салаалаах муостара киэргэтэр.

Слайд 25

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 25
САХА СИРИН КҮНДҮ ТҮҮЛЭЭХ КЫЫЛЛАРА
Кииc олус кыраһыабай күндү түүлээх. Кини 37—49 см усталаах буолар. Сиүэ бөкчөгөр, кэтит сүүстээх төбөлөөх. Уһун үс муннуктуу тура сылдьар кулгаахтаах. Сытыы токур тыҥырахтаах кэтит баппаҕайдаах. Кылгас атахтаах, көп түүлээх кутуруктаах. Киис хараҥатыҥы, хараҥа саһархай, эбэтэр сырдык кугас хойуу, уһун, сымнаҕас түүлээх. Аһылыга эгэлгэ буолан, түүтэ кылааннаах, ичигэс, бөҕө буолар. Ол иһин күндү түүлээх ахсааныгар киирэр.

Слайд 26

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 26
САХА СИРИН КҮНДҮ ТҮҮЛЭЭХ КЫЫЛЛАРА
Кырса Кырса маҥан эбэтэр күөх, хойуу, сымнаҕас, сылаас, күндү түүлээх кыыл. Ки­ни 49—61 см усталаах. Ыйааһына — 2—8 кг. Хороон хастан уйа оҥостор, Саас 7—8 оҕону төрөтөр. Аһылыга кутуйах, көтөр уҥуоҕун, сымыытын сиир.

Слайд 27

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 27
САХА СИРИН КҮНДҮ ТҮҮЛЭЭХ КЫЫЛЛАРА
Тииҥ Тииҥ — Саха сиригэр бултанар кыылларбытыттан биир бастыҥнара. Кини сииктээх, туораахтаах мастаах сиргэ олохсуйан үөскүүр. Уйатын харыйа, тиит мас арбаҕар лабаатыгар оҥостор.

Слайд 28

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 28
САХА СИРИН КҮНДҮ ТҮҮЛЭЭХ КЫЫЛЛАРА
Кырымахтаах саһыл. Кыһыл саһыл. Киэҥник тэнийэн үөскээбит. Хоп-хойуу, сымнаҕас сылаас, уһун көп түүлээх кутуруктаах. Ыйааһына 8-9 киилэҕэ тиийэр. Сэрэх муҥутаан хороонун хас да саппаас аанныыр. Муус устар бүтэһигэр ийэ кыыл 4—5, ардыгар1—2 оҕолонор. Уйатын үксүгэр сир xacпaҕap, булгунньах тэллэҕэр оҥостор.

Слайд 29

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 29
САХА СИРИН КҮНДҮ ТҮҮЛЭЭХ КЫЫЛЛАРА
Үүтүнэн иитиллээччилэргэ кэрбээччилэр саамай элбэх ахсааннаахтар. Киһи олоҕор кэрбээччилэр улахан суолталаахтар. Ол курдук үгүс көрүҥнэрэ күндү түүлээх кыыл быһыытынан сыаналаналлар.

Слайд 30

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 30
Үүтүнэн иитиллээччилэр. Кэрбээччилэр.
Өрүс буобурата. Өрүс буобурата. Кэрбээччилэртэн саамай бөдөҥнөрө. Буобуралар ойуурдаах үрэхтэр кытыыларынан хороон эбэтэр бэйэлэрэ туппут дьиэлэригэр бөлөҕүнэн олороллор. Сайын сүмэһиннээх уу үүнээйитинэн, кыһын сэбирдэхтээх мастар лабааларынан уонна хатырыгынан аһылыктаналлар. Буобуралар күүстээх тиистэринэн быһа кэбийэн оннооҕор бөдөҥ мастары охтороллор. Урут буобура дэлэй этэ, ону күндү түүлээх тириитин иһин олох эстиэр диэри кыдыйбыттара. 1917 с. буобураны бултааһын олох бобуллубута.

Слайд 31

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 31
Үүтүнэн иитиллээччилэр. Кэрбээччилэр.
Андаатар. Кини уу үүнээйитэ аһылыктаах буолан, элбэх уу үүнээйилээх күөл кытыытыгар үөскүүр. Андаатар сылга 2—4 төгүл төрүүр, биирдии төрөөһүнүгэр 6—10 оҕону төрөтөр. Ый кэриҥинэн oҕo андаатардар төрөөбүт уйаларыттан арахсаллар. Андаатар үөскээбит сирэ — Хотугу Америкав 1927 с. биһиги дойдубутугар 2500 андаатары тиэйэн аҕалан ыыталаабыттара. Онтон ыла андаатар биһиэхэ үчүгэйдик олохсуйан, төрөөн-ууһаан барбыта. Андаатар билигин биир сүрүн кылааннаах түүлээх кыыл буолла.

Слайд 32

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 32
Байанай. Өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктарынан бултааһын этэ. Кинилэр саныылларынан сорсуннаах булчут Байанайдаах буолар. Байанай — үүс-киис таҥастаах аарыма кырдьаҕас оҕонньор, баай хара тыа баһылыга, булт иччитэ. Булчут Байанайы аахайбат, сэниир буоллаҕына булдуттан кураанах төннөн кэлиэн сөп. Аны бултаабыт булдуттан дьонугар-сэргэтигэр бэрсибэтэҕинэ, Байанай кыыһырар, оччоҕуна булчут эмиэ халтай хаамыан сөп. Байанай олус аһыныгас. Кини дьоҥҥо үксүгэр быстар- охтор, өлөр-хаалар күннэригэр өрүһүлтэ буолар, баай хара тыа булдуттан өлгөмнүк бэрсэр эбит.
Өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн.

Слайд 33

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 33
Кыһыл кинигэ
Билиҥҥи кэмҥэ тулалыыр эйгэ туруга киһини хомотор. Дьон-аймах сонно тута сии-аһыы, туһана охсор баҕаттан оту-маһы харыстаабакка алдьатан, көтөр-сүүрэр аймаҕын өлөрөн-өһөрөн, бүтэрэн, суох гынар кыахха киирдэ. Тула­лыыр эйгэ көмөҕө, көрүүгэ-истиигэ наадыйыыта улам улаатан иһэр. Онон билигин республикаҕа, Россияҕа, ону aahaн аан дойдуга айылҕаны харыстыырга улахан үлэ барар. Сир үрдүттэн сүтэн эрэр, аҕыйах ахсааннаах уонна харыстанар хамсыыр харамайы, үүнээйини, айылҕаны харыстыыр үлэ 1884 сылтан саҕаламмыта. Ол аата, сүүстэн тахса сыл буолбут. Аан дойдуга 1966 сылтан саҕалаан бастакы «Кыһыл кинигэни» оҥорбуттара. «Кыһыл кинигэ» — эстэн эрэр хамсыыр харамайы уонна үүнээйини харыстыыр туһунан кинигэ. Биһиги дойдубутугар Россияҕа маҥнайгы «Кыһыл кинигэни» 1927 с. оҥорбуттар.

Слайд 34

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 34
Кыһыл кинигэ
Саха сиригэр маҥнайгы «Кыһыл кинигэ» 1987 с. бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэҕэ сэдэх уонна сүтэн эрэр 16 хамсыыр харамай уонна 33 үүнээйи көрүҥэ киирбит. Айылҕаны харыстыыр аан дойдутааҕы холбоһук наардааһыныгар олоҕуран, «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит хамсыыр харамайы уонна үүнээйини 5 кэрдиискэ араараллар: 0 — сүппүт, 1 — эстэн эбэтэр симэлийэн эрэр, 2 — уйан, эмсэҕэ; 3 — сэ­дэх; 4 — харыстанар.

Слайд 35

Хамсыыр харамай эйгэтэ, слайд 35
Айылҕаны харыстаа!
Айылҕа олус уйан, кыра да бааһырыыны тулуйбат. Ол иһин бүөбэйдии сылдьыахха наада. Тыаҕа сылдьан сир астаан, аһаан баран, ас тобоҕуттан уратыны — бытыылканы, кумааҕыны, мөһөөччүгү, иһити-хомуоһу — сиргэ хаалларар табыллыбат. Барытын суулуу тутан, анал бөх тоҕор сиргэ быраҕыллар. Оччоҕо эн айылҕаны киртиппэккин. Былыр сахалар оту-маһы алдьатары айыыргыыр этилэр. Ойууртан хаппыт-куурбут маһы кэрдэн, абырҕалы хомуйан, эргэ чөҥөчөгү мастаан, ат-oҕyc сыарҕатыгар тиэйэн киллэрэн, уокка оттоллоро. Дьиэ, хотон туттарга мас хатырыга кытта тyhaҕa турара. Тутуу маһын «от-мас утуйбут кэмигэр» — кыһын — кэрдэллэрэ. Бу барыта айылҕаны харыстааһынтан буолара.
^ Наверх
X
Благодарим за оценку!

Мы будем признательны, если Вы так же поделитесь этой презентацией со своими друзьями и подписчиками.